Нимҥакаан (олоҥхо)
Эвенкийский нимнгакан о богатыре Торгандуне в переводе на якутский язык Валентина Исакова.
«Торҕо-түргэ таҥастаах Торгандуун маатаа» кинигэ Саха сирин соҕуруу өттүгэр олорор эбэҥкилэр героическай эпостарын — нимҥакааннарын сахалыы маҥнайгы тылбааһа буолар.
Нуучча, Европа омуктарын үөрэхтээхтэрэ нимҥаканы XVII-с үйэттэн ыла тоҥустар (эбэҥкилэр) олорор бары сирдэригэр киэҥник тарҕаммыт уус-уран фольклор сүрүн көрүҥэ буоларын бэлиэтээбиттэрэ. XX-с үйэ саҥатыгар нимҥакаан Амур уобалаһын, Хабаровскай кыраай, Саха сирин эбэҥкилэригэр киэҥник ыллана-толорулла сылдьыбыта. Олортон Николай Гермогенович Трофимов биир бастыҥнара буолар. Кини бу нимҥакааны сүрдээҕин таптаан толорорун Учур, Айан-Маайа, Алдан кырдьаҕастара ахталлара.
Нимҥакаан сахалыы тылбааһа этнографтарга, фольклористарга, тунгусоведтарга уонна эпоһы сэҥээрэр, таптыыр киэҥ эйгэҕэ ананар.